19 Киниттэн тахсар күүс үтүөрдэрин иһин, мустубут дьон барыта Кинини таарыйа сатыыра.
ыарыһахтарга, саатар, таҥаһын тэллэҕин таарыйтарарыгар көрдөспүттэрэ; таҥаһын таарыйбыт дьон үтүөрэн иһэллэрэ.
Элбэх киһини үтүөрдүбүт буолан, ыарыһах эрэ барыта Кинини таарыйаары, биир кэм саба түһэ турара.
Бу кэмҥэ Иисус, Киниттэн күүс тахсыбытын билэн, кэннин хайыһан: «Мин таҥаспын ким таарыйда?» – диэн дьонтон ыйыппыта.
Иисус – дэриэбинэлэргэ, куораттарга, уһаайбаларга – ханна да тиийбитин иһин, ыарыһахтары киэҥ, аһаҕас сиргэ сытыартыыллара уонна, муҥ саатар, таҥаһын тэллэҕин таарыйары көҥүллүүрүгэр көрдөһөллөрө. Таарыйбыт дьон үтүөрэн иһэллэрэ.
Вифсаидаҕа кэлбиттэрэ. Онно Киниэхэ хараҕа суох киһини аҕалан «таарый» диэн көрдөспүттэрэ.
Биирдэ Иисус үөрэтэр кэмигэр Галилея, Иудея бары дэриэбинэлэриттэн, Иерусалимтан кэлбит фарисейдар уонна сокуонньуттар Кинини истэ олорбуттара; Иисус ыарыһахтары Айыы Тойон күүһүнэн үтүөртээбитэ.
Кинилэр Иисуһу истээри, ыарыыларыттан үтүөрээри кэлбиттэрэ; быртах тыыннарга буулатан эрэйдэнээччилэр эмиэ үтүөрэллэрэ;
дьон кини таарыйбыт былааттарын, таҥастарын ыарыһахтарга курдуу баайаллара, оччоҕо ол бааммыт дьон бары үтүөрэн хаалаллара, куһаҕан тыыннар кинилэртэн тахсан бараллара.
Оттон эһиги талыллыбыт аймах – Ыраахтааҕы дьиэтин кэргэнэ, Таҥара үлэһиттэрэ, сибэтиэй норуот, эһигини хараҥаттан килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара үтүөкэн дьайыыларын биллэрэргэ талыллыбыт Кини Бэйэтин тус дьоно – буолаҕыт.