12 Биир күн Иисус хайа үрдүгэр Таҥараҕа үҥэ тахсыбыта; Кини түүнү быһа үҥпүтэ.
Кини өҥ мэччирэҥҥэ миигин сынньатар, чуумпу уулаах сиргэ сирдээн илдьэр.
Көй элбэх дьону көрөн, Иисус тахсан хайа үрдүгэр олорбута; үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэригэр,
Оттон эн, үҥэргэр, хоскор киир уонна ааҥҥын саптан баран, көстүбэт Аҕаҕыттан үҥэн көрдөс, оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.
Онтон сарсыарда, халлаан өссө сырдыы илигинэ, туран дьиэттэн тахсан, иччитэх сиргэ баран Таҥараҕа үҥпүтэ.
Ол кэнниттэн Кини хайаҕа ыттан баран, ыҥырыан баҕарбыт дьонун Бэйэтигэр ыҥыртаан ылбыта; олор тиийэн кэлбиттэригэр,
Дьону ыытан баран, Кини хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
Оттон Кини иччитэх сиргэ баран, Таҥараҕа үҥэрэ.
Фарисейдар ииримтийэ кыыһыран, Иисуһу хайдах гынар туһунан сүбэлэспиттэрэ.
Иисус кинилэри кытта хайаттан түһэн, хонуу сиргэ кэлэн тохтообута, онно халыҥ элбэх киһи – үгүс үөрэнээччилэрэ итиэннэ Иудея, Иерусалим, муора кытылыгар баар Тир, Сидон дьоно мустубута.
Биирдэ Иисус иччитэх сиргэ үҥэ сырыттаҕына, үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Иисус кинилэртэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта. Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ:
Бу кэнниттэн аҕыс күн ааспыта. Иисус Петры, Иоанны уонна Иаковы илдьэ хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
Үҥэ туран Кини сирэйэ уларыйан хаалбыта, таҥаһа килбэҥнэс кылбаа маҥан буолбута.
Иисус үөрэнээччилэрин кытта хайаҕа тахсан олорбута.
Үҥэргитигэр өрүү махтанан туран, тиһигин быспакка сэргэхтик үҥэр буолуҥ.
Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.