10 Кини барыларын кэриччи көрөн баран, ол киһиэхэ: «Илиигин уун», – диэбитэ. Киһи уунаатын кытта, ыалдьар илиитэ чөлүгэр түһэн хаалбыта.
Иисус кинилэр диэки уордайбыттыы көрөн баран, сүрэхтэрэ тыйыһыттан курутуйан, ол киһиэхэ: «Илиигин уун», – диэбитэ. Киһи уунаатын кытта, илиитэ, чөлүгэр түһэн атын илиитин курдук, буолбута.
Фарисейдар ииримтийэ кыыһыран, Иисуһу хайдах гынар туһунан сүбэлэспиттэрэ.
«Мин эһигиттэн ыйытыам этэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ, – субуота күн тугу гыныллыахтааҕый: үтүөнү оҥоруллуохтаах дуу, куһаҕаны дуу? Олоҕу быыһыыр куолу дуу, өлөрөр куолу дуу?» Ким да тугу да саҥарбатаҕа.
«Туран тэллэххин ылан бар», – диэбитэ Иисус.