25 Сонно киһи, бары көрөн турдахтарына, атаҕар туран кэлбитэ уонна сыппыт тэллэҕин ылан, Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, дьиэтигэр барбыта.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
Норуот, маны көрөн сөҕөн, киһиэхэ маннык былааһы биэрбит Таҥараны айхаллаабыта.
Онуоха киһи, бары көрөн турдахтарына, сонно туран кэлбитэ уонна тэллэҕин ылан тахсан барбыта. Бары бэркиһээн: «Хаһан да манныгы көрө илик этибит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара.
Маны этээт, киниэхэ икки илиитин уурбутугар дьахтар сонно көнөн кэлэн, Таҥараны айхаллаан барбыта.
Киһи сонно көрөр буолан хаалбыта, онон Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, Иисус кэнниттэн батыһан барбыта. Маны көрөн, дьон бары Таҥараҕа хайҕал тылын эппиттэрэ.
Иисус илиитин уунан киһини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Сонно киһи араҥ ыарыыта сүтэн хаалбыта.
Хараҕа суох сылдьан харахтаммыт киһини иккиһин ыҥыран ылан: «Кырдьыгы этиэм диэн андаҕай! – диэбиттэрэ. – Ол Киһи аньыылааҕын биһиги билэбит».