13 Иисус илиитин уунан киһини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Сонно киһи араҥ ыарыыта сүтэн хаалбыта.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
Иисус илиитин уунан кинини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Киһи сонно тута үтүөрэн хаалбыта.
Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.
Иисус биир куоракка сырыттаҕына, этэ бүтүннүү араҥ бааһа буолбут киһи кэлэн, Кинини көрөн, сиргэ умса түһэн ааттаспыта: «Тойонуом! Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх, миигин ырааһырдар кыахтааххын».
Бу туһунан кимиэхэ да кэпсиирин бобон баран, Иисус кинини аҕабыыкка тиийэн көрдөрүн уонна ыраастаммыккын кинилэргэ туоһулаан, Моисей эппит сиэртибэтин илдьэн биэр диэн соруйбута.