40 Күн киириитэ араас ыарыылаах дьонноохтор ыарыһахтарын Киниэхэ аҕалтаабыттара; Иисус дьоҥҥо биир-биир илиитин ууран, барыларын үтүөрдүбүтэ.
Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.
Иисус маны истэн, оҥочоҕо олорон соҕотоҕун иччитэх сиргэ устубута; барбытын билэн, дьон куораттан ыла сатыы батыһан тиийбиттэрэ.
Элбэх киһини үтүөрдүбүт буолан, ыарыһах эрэ барыта Кинини таарыйаары, биир кэм саба түһэ турара.
«Кыысчааным быстаары сытар; Эн бараҥҥын киниэхэ илиигин уурдаргын, оҕом үтүөрүө, тыыннаах хаалыа этэ», – диэн көрдөспүтэ-ааттаспыта.
Кини онно ханнык да дьиктини кыайан оҥорботоҕо, аҕыйах ыарыһаҕы илиитин ууран үтүөрдүбүтэ.
дьон кини таарыйбыт былааттарын, таҥастарын ыарыһахтарга курдуу баайаллара, оччоҕо ол бааммыт дьон бары үтүөрэн хаалаллара, куһаҕан тыыннар кинилэртэн тахсан бараллара.
Ыарыһахтары, ааһан иһэр Петр, саатар, күлүгэ түстүн диэн, таһырдьа таһааран от, таҥас тэллэхтэргэ сытыартыыллара.