39 Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.
Иисус синагогаттан тахсаат, Иаковы уонна Иоанны кытта Симоннаах Андрей дьиэлэригэр кэлбитэ.
Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.
Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.
Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ. Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута.