Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 4:35 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

35 Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 4:35
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Быыһаа хааны тохпут аньыыбыттан, Айыы Таҥара, миигин быыһыыр Таҥарам, оччоҕо Эн кырдьыккын мин айхаллыам.


Иисус бирикээстиирин кытта, абааһы уолтан тахсан барбыта; уол оҕо сонно үтүөрэн хаалбыта.


«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.


Быртах тыын киһини чиччигинэппитинэн, улаханнык хаһыытаат, тахсан барбыта.


Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.


Быртах тыын үөгүлээн баран, уолу күүскэ титирэстэппитинэн, тахсан барбыта. Уол өлбүт курдук буолан хаалбыта, ону көрөн үгүстэр: «Өллө», – дэспиттэрэ.


оттон кинитээҕэр күүстээх киһи кэлэн саба түһэн кинини кыайдаҕына, били эрэммит саатын-саадаҕын былдьаан ылан, булумньутун атыттардыын үллэстиэҕэ.


Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиги, биллэн турар, Миэхэ өс хоһоонун санатан: „Эмчит! Бэйэҕин үтүөрт; биһиги Капернаумҥа туох буолбутун истибиппит, ону манна, Бэйэҥ дойдугар, эмиэ оҥор“, – диэххит.


Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.


Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.


Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ. Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута.


куһаҕан тыын хам ыллаҕына, оҕом эмискэ үөгүлүү түһэр; күүгэн аллыар диэри, оҕобун сордуур, сорун сордоон баран биирдэ, нэһиилэ тэйэр.


Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта.


Онон, мэҥэ Халлаан, өрөгөйдөө, Халлааҥҥа олохтоох эрэ барыта, үөр-көт! Сор-муҥ буолуо эһиэхэ, сиргэ, муораҕа олорооччуларга! Адьарай, өр уһаабатын билэн, эһиэхэ киҥэ-наара холлон түстэ».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ