3 Адьарай Киниэхэ эппитэ: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу тааһы килиэпкэ кубулуй диэн бирикээстээ».
Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.
Онно Кинини түөрт уон хонук устата адьарай тургутан көрбүтэ; ол тухары Кини тугу да аһаабатаҕа, онтон тиһэҕэр дьэ аччыктаабыта.
Иисус киниэхэ хоруйдаабыта: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа“ диэн суруллубута».