Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 4:18 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

18-19 «Айыы Тойон Тыына Миэхэ баар – Кини Миигин елей арыынан аҕаабыта, дьадаҥыларга Үөрүүлээх Илдьити иһитиннэртэрэ, самныбыт санаалаахтары үтүөртэрэ, билиэн барбыттарга босхолонууну, хараҕа суохтарга харахтаныыны биллэртэрэ, баттаммыттары өрө көтөхтөрө, Айыы Тойон айылгылаах үтүөкэн дьыла салаллан кэлбитин иһитиннэртэрэ Кини Миигин ыыппыта».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 4:18
56 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Алҕааҥ Айыы Тойону, Кини Аанньаллара, саҥатын истээт да, тылын толорор күүстээхтэрэ.


Эн тиэргэҥҥэр или-эйэни чэчирэтэр, эйигин бастыҥ сэлиэһинэй бурдугунан аһатар.


Сир ыраахтааҕылара сэриилэһээри тэринэллэр, кинээстэр бииргэ түмсэн киксэллэр, Айыы Тойону уонна Кини Ыраахтааҕытын утараннар:


«Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».


Мин, улуу түмсүүгэ киирэммин, Эйиэхэ махтаныам, үтүмэн киһи ортотугар тураммын, Эйигин айхаллыам.


Норуоттар айманаллар, саарыстыбалар самналлар, Таҥара саталаах саҥатыттан сир ууллар.


Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.


кырдьыгы кыайыыга тиэрдэ илигинэ, эчэйбит оту тосту үктүө суоҕа, симик уоту саба үрүө суоҕа.


Хараҥаҕа олорор норуот улуу сырдыгы көрдө, өлүү күлүгэр олорор дьоҥҥо сырдык тыкта».


«Таҥара иннигэр дьадаҥыларын өйдөөччүлэр алгыстаахтар: кинилэр аналлара – Халлаан Саарыстыбата.


Киниэхэ Исайя пророк кинигэтин биэрбиттэрэ; Иисус кинигэни арыйан бу курдук суруллубут кэрчиги булбута:


Иисус үөрэнээччилэрин диэки көрөн баран, эппитэ: «Алгыстааххыт эһиги дьадаҥылар: Таҥара Саарыстыбата эһиэхэ ананар.


Иисус кэлбит дьоҥҥо эппитэ: «Баран тугу көрбүккүтүн-истибиккитин Иоаҥҥа кэпсээҥ: хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.


Андрей убайын Симоны бастакынан булан ылан эппитэ: «Биһиги Мессияны (ол аата Христоһу) буллубут».


Биир да Миигин итэҕэйэр киһи хараҥаҕа хаалбатын туһугар, Мин, сырдык, бу аан дойдуга кэлбитим.


тоҕо диэтэххэ, Таҥара Ыыппыта Таҥара тылын этэр: Таҥара Киниэхэ Тыыны кэмэ суох биэрэр.


эн кинилэр харахтарын арыйыаҥ, хараҥаттан сырдыкка, сатана былааһыттан Таҥараҕа эргилиннэриэҥ, оччоҕо кинилэр Миэхэ итэҕэллэринэн аньыылара-харалара бырастыы буолан Таҥара норуотугар киириэхтэрэ“.


Сир ыраахтааҕылара өрө турдулар, баһылыктар Айыы Тойону уонна Кини Христоһун утары куомуннастылар“.


Дьэ дьиҥ чахчы, Эн модун кыаххынан эрдэттэн эппитиҥ туолуон иһин, бу куоракка Ирод, Понтий Пилат, иудейдар, атын да норуоттар Эн сибэтиэй Уолгун Иисуһу утарса мустубуттар.


Кини биһигини хара дьай былааһыттан быыһаан таһааран, Тапталлаах Уолун Саарыстыбатыгар киллэрбитэ;


Истиҥ эрэ, таптыыр бырааттарым, Таҥара дьадаҥы дьону – итэҕэлинэн байытаары, Кинини таптыыр дьоҥҥо эрэннэрбит Саарыстыбатыгар киллэрээри – талан ылбыта этэ буолбатах дуо?


Оттон эһиги талыллыбыт аймах – Ыраахтааҕы дьиэтин кэргэнэ, Таҥара үлэһиттэрэ, сибэтиэй норуот, эһигини хараҥаттан килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара үтүөкэн дьайыыларын биллэрэргэ талыллыбыт Кини Бэйэтин тус дьоно – буолаҕыт.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ