Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 3:10 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

10 Норуот киниттэн: «Биһиги оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 3:10
7 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Түһээн хомуйааччылар эмиэ, сүрэхтэнэ кэлэн баран: «Үөрэтээччи! Биһиги тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.


Буойуннар ыйыппыттара: «Оттон биһиги тугу гынабыт?» Кинилэргэ эппитэ: «Кими да холуннарымаҥ, атаҕастаамаҥ, хамнаскытынан дуоһуйуҥ».


Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа чахчы эргиллибиккитин олоххутунан туоһулааҥ; итиэннэ биһиги аҕабыт Авраам диэн сананымаҥ даҕаны. Эһиэхэ этэбин: Таҥара бу да таастары Авраамҥа оҕо гынан туруортуон сөп.


Онтон кинилэри таһаартаан баран: «Тойотторуом! Быыһанар туһугар тугу гынабын?» – диэн ыйыппыта.


Маныаха дьон сүрэхтэригэр ыттаран, Петртан уонна атын Апостоллартан: «Бырааттарбыт, оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.


Петр эппитэ: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ! Эһиги хас биирдии бэйэҕит – аньыыгытын-буруйгутун бырастыы гыннарар туһугар – Иисус Христос аатыгар сүрэхтэниҥ, оччоҕо эһиги Сибэтиэй Тыын бэлэҕин ылыаххыт.


Савл титирэстиэр диэри, уолуйа куттанан ыйыппыта: «Айыы Тойон, тугу оҥор диэн дьаһайаҕын?» Онуоха Айыы Тойон: «Туран куоракка тиий, тугу гынаргын онно этиэхтэрэ», – диэбитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ