63 Иисуһу тутан турар дьон Кинини үөҕэн, кырбаан барбыттара.
Инньэ диэбитигэр чугас турар харабыл: «Архиерейга итинник хоруйдуугун дуо?» – диэн баран, Иисуһу сирэйгэ охсубута.
Үөҕүллэ сылдьан үөхсүүнэн хардарбатаҕа, эрэйи-муҥу көрө сылдьан кими да саамматаҕа – ону барытын Кырдьыктаах Судьуйаҕа эрэнэн туттарара.
уонна таска тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Архиерей Иисустан үөрэнээччилэрин уонна үөрэтэр үөрэҕин туһунан ыйыппыта.