62 уонна таска тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Петр эмискэ Иисус: «Бөтүүк хаһыытыы да илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ», – диэбитин өйдөөн кэлбитэ. Уонна тиэргэнтэн тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Кутурҕаҥҥа ылларан ытааччылар алгыстаахтар: кинилэр уоскуйуохтара.
Бөтүүк иккистээн хаһыытаабыта. Иисус киниэхэ бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ диэбитин өйдөөн, Петр ытаан барбыта.
Онуоха Айыы Тойон эргиллэн, Петр диэки көрбүтэ; Петр киниэхэ Айыы Тойон «бөтүүк хаһыытыан иннинэ эн миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ» диэн эппитин өйдөөн кэлбитэ
Иисуһу тутан турар дьон Кинини үөҕэн, кырбаан барбыттара.
Онон тирэхтээхтик турабыт дии сананар дьон, охтубат туһугар, сэрэхтээх буоллуннар.