61 Онуоха Айыы Тойон эргиллэн, Петр диэки көрбүтэ; Петр киниэхэ Айыы Тойон «бөтүүк хаһыытыан иннинэ эн миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ» диэн эппитин өйдөөн кэлбитэ
Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Бу түүн бөтүүк хаһыытыы илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҕыҥ».
Петр эмискэ Иисус: «Бөтүүк хаһыытыы да илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ», – диэбитин өйдөөн кэлбитэ. Уонна тиэргэнтэн тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Бу кэмҥэ Иисус, Киниттэн күүс тахсыбытын билэн, кэннин хайыһан: «Мин таҥаспын ким таарыйда?» – диэн дьонтон ыйыппыта.
«Марфа, Марфа! – диэбитэ Иисус. – Элбэххэ да кыһаллаҕын, түбүгүрэҕин,
Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Ол эрээри Петр: «Эн ити тугу этэргин билбэппин», – диэн эмиэ мэлдьэһэн кэбиспитэ. Бу этэ турдаҕына, бөтүүк хаһыытаабыта.
уонна таска тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна
икки үөрэнээччитин ыҥыран ылан, «Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр атыны күүтэбит дуу?» диэн ыйыттара Иисуска ыыппыта.
«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».
Буруйу-аньыыны билинэн бырастыы гыннарар кыаҕы Израильга бэлэхтиир туһугар, Таҥара Иисуһу Баһылык уонна Быыһааччы гынан үрдэтэн, Бэйэтин уҥа өттүгэр олордубута.
Онон өйдөөҥ: хаһааҥҥыта эрэ эһигини, омук дьонун, эттэригэр илиинэн бэлиэ быстарбыт иудейдар «быһыллыбатахтар» диэн ааттыыллара;
Онон хантан түспүккүн өйдөө, уонна аньыыгын-буруйгун билинэҥҥин, маҥнай утаа оҥорбут дьайыыларгын оҥор. Аньыыгын билинэн кэмсиммэтэххинэ, бэрт сотору эйиэхэ тиийэммин, сибэтиилинньиккин турар сириттэн сыҕарытыам.