60 Ол эрээри Петр: «Эн ити тугу этэргин билбэппин», – диэн эмиэ мэлдьэһэн кэбиспитэ. Бу этэ турдаҕына, бөтүүк хаһыытаабыта.
Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Бу түүн бөтүүк хаһыытыы илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҕыҥ».
Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Чаас кэриҥинэн өссө биир киһи дьаныһан турбута: «Бу Галилея киһитэ, чахчы, Кинини кытта сылдьара».
Онуоха Айыы Тойон эргиллэн, Петр диэки көрбүтэ; Петр киниэхэ Айыы Тойон «бөтүүк хаһыытыан иннинэ эн миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ» диэн эппитин өйдөөн кэлбитэ
Петр эмиэ мэлдьэспитэ, сонно тута бөтүүк хаһыытаабыта.