6 Иуда кинилэргэ тылын биэрэн, Иисуһу дьон көрбөт кэмигэр туттараары, тоҕоостоох түгэни көрдүү сатыы сылдьыбыта.
«Ол эрээри бырааһынньыкка түбэһиннэримиэҕиҥ, норуокка улахан айдаан тахсыан сөп», – диэн сүбэлэспиттэрэ.
«Бырааһынньык эрэ кэмигэр түбэһиннэримиэҕиҥ, аны норуот өрө туруо», – диэн сүбэлэспиттэрэ.
Кинилэр үөрэн харчы төлүөх буолбуттара.
Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгар, Паасхаҕа, анаммыт бараан оҕото өлөрүллэр күнэ үүммүтэ.