45 Үҥэн бүтэн баран, үөрэнээччилэрин кэлэн көрбүтэ, санааҕа хам баттатан, утуйа сыталлара.
Төннөн кэлэн көрбүтэ: үөрэнээччилэрэ, халтаһалара ыараан, эмиэ утуйан хаалбыт этилэр.
Онтон төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ утуйа сыталлара. «Саатар, биир чаас Миигин кытта сэргэх сылдьар кыаххыт суох дуу? – диэбитэ Кини Петрга. –
Онтон төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ утуйа сыталлара. «Симон, утуйа сытаҕын дуу? – диэбитэ Кини Петрга. – Эн биир чаас сэргэх сылдьа түһэриҥ кыаллыбата дуо?
Иисус ис-иһиттэн муунтуйан, ордук кыһаллан үҥпүтэ, Кини көлөһүнэ сиргэ саккырыы тохтор хаан курдуга.
«Тоҕо утуйа сытаҕыт? – диэбитэ Кини. – Тургутууну тулуйар туһугар, туран үҥүҥ».