Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 22:33 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

33 «Тойонуом! – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин кытта хаалларга да, өлөргө да бэлэммин».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 22:33
16 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ким бэйэтин эрэ күүһүгэр эрэнэр, ол өйө суох, оттон муударас суолун тутуһааччы быыһанар.


«Тугу көрдөһөргүтүн бэйэҕит да билбэккит, – диэбитэ Иисус. – Эһиги Мин иһиэхтээх иһиппиттэн иһэр, Мин сүрэхтэнэр сүрэхтэниибин ааһар кыахтааххыт дуо?» «Кыахтаахпыт», – дэспиттэрэ Зеведей уолаттара.


Петр Киниэхэ: «Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин тэйиэм суоҕа», – диэбитэ.


Петр буоллаҕына өссө ордук итийэн-кутуйан туран эппитэ: «Эйигин кытта өлүөм да иһин, мин Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа». Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэрэ.


Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».


«Мин Кинини билбэппин», – диэн Петр кыккыраччы мэлдьэспитэ.


«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».


«Бу туох буолан хараххыт уутунан суунан сүрэхпин аймаатыгыт? – диэбитэ Павел. – Айыы Тойон Иисус туһугар мин Иерусалимҥа хаайыллыахтааҕар буолуох, өлөрбүн да кэрэйбэппин».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ