31 Онтон Айыы Тойон эппитэ: «Симон! Симон! Сатана эһигини сэлиэһинэй бурдугунуу сиксийээри, көрдөспүтэ,
Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар барбыттара.
Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».
«Марфа, Марфа! – диэбитэ Иисус. – Элбэххэ да кыһаллаҕын, түбүгүрэҕин,
Кини сиргэ охтон түһэн баран: «Савл, Савл, тоҕо Миигин сойуолаһаҕын?» – диир саҥаны истибитэ.
сатанаҕа биэриҥ: Айыы Тойоммут Иисус Христос Күнүгэр дууһата быыһанарын туһугар, этэ-сиинэ эрэйдэннин.
Бэйэ-бэйэбитин бырастыы гынсар эрэ буоллахпытына, сатана албыныгар киирэн биэриэхпит суоҕа. Кини уодаһыннаах сыалын-соругун биһиги билбэт-көрбөт буолбатахпыт.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.
Онтон халлааҥҥа ньиргиэрдээх саҥа иһиллибитэ: «Быыһаныы кэмэ кэллэ, Таҥарабыт күүһүн-күдэҕин көрдөрөн баһылыыр кэмэ үүннэ, Таҥара Христоһа былааһы ылла: бырааттарбытын түүннэри-күннэри Таҥарабыт иннигэр буруйдааччы аллара кыйданна!