17 Итиэннэ иһити ылан Таҥараҕа махтанан баран, эппитэ: «Маны ылан үллэстэн иһиҥ.
Кини Айыы Тойон алгыһын ылыаҕа, Быыһааччы Таҥаратын амарах сыһыанын билиэҕэ.
Дьону окко олордорго соруйан баран, биэс килиэби уонна икки балыгы ылан, халлааны көрөн туран алҕаабыта, онтон килиэби тоһутан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; үөрэнээччилэрэ ону дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
Онтон сэттэ килиэби уонна балыгы ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһуталаан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ, үөрэнээччилэрэ ону олорор дьоҥҥо үллэрбиттэрэ.
Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан үөрэнээччилэригэр түҥэппитэ уонна: «Маны ылан сиэҥ: бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
Итиэннэ килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ уонна эппитэ: «Бу – эһиги тускутугар бэриллэр Мин Этим-сииним; Миигин ахтан-санаан туран, эһиги маннык гынар буолуҥ».
Иисус биэс килиэби кытта икки балыгы ылан, халлаан диэки көрөн туран Таҥараҕа махтаммыта уонна тоһутан, түҥэттэрэ, үөрэнээччилэригэр биэрбитэ.
Ханнык эрэ күнү ордук суолталыыр киһи Айыы Тойон туһугар суолталыыр, оттон суолталаабат киһи – Айыы Тойон туһугар суолталаабат. Ким аһыыр, ол Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһыыр, ким аһаабат, ол эмиэ Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһаабат.
Бу махтанан туран иһэр алгыстаах иһиппит биһигини Христос Хааныгар тиксиһиннэрэр буолбатах дуо? Оттон бу тоһутан ылан сиир килиэппит биһигини Христос Этигэр-сиинигэр тиксиһиннэрэр буолбатах дуо?
Мин Айыы Тойонтон Бэйэтиттэн билбиппин эһиэхэ тиэрдибитим: таҥнарыллыбыт түүнүгэр Иисус Айыы Тойон килиэби ылан,