36 Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».
Онон тулуйуохтара суоҕа нэгэйдэр Таҥара дьүүлүн, аньыылаахтар – көнө дьон түмсүүтүн.
Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.
Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.
Онон эһиги эмиэ бэлэм буолуҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах чааскытыгар тиийэн кэлиэҕэ.
Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
Утуйумаҥ, тургутууну тулуйар туһугар үҥүҥ. Тыын сэргэх, эт-хаан мөлтөх».
Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
Онон сэрэниҥ, сэргэх буолуҥ, Таҥараҕа үҥэ сылдьыҥ: ол кэм хаһан тиийэн кэлэрин эһиги билбэккит.
Бу эһиэхэ эппиппин барыгытыгар этэбин: сэргэх сылдьыҥ».
«Мин Таҥара иннигэр турар Гавриилбын, – диэбитэ Аанньал. – Кини миигин эйиэхэ маны этиттэрэ, бу үөрүүлээх илдьити биллэртэрэ ыыппыта.
Онтон Иисус кинилэргэ Таҥараҕа өрүүтүн үҥэ сылдьыахтаахтарын, санааларын түһэриэ суохтаахтарын туһунан домоҕу кэпсээбитэ:
оттон өлүүттэн тиллэн Кэнэҕэс Үйэ олоҕор тиксибит дьон ойох да ылбаттар, эргэ да барбаттар.
ол Күн сир үрдүгэр олорооччуларга барыларыгар, илим түһэринии, соһуччу кэлиэҕэ.
Корнилий дьиэтин кэргэттэрин барыларын кытта Таҥараны итэҕэйэрэ, Киниттэн толлоро; дьадаҥыларга өлгөмнүк көмөлөһөрө, өрүүтүн үҥэ сылдьара.
Эһиги сэргэх сылдьыҥ, итэҕэлгитин бигэтик тутуһуҥ, эр санааланыҥ, халбаҥнаабат бөҕө буолуҥ.
Айыы Тойон Иисуһу тилиннэрбит Таҥара биһигини эмиэ Иисуһу кытта тилиннэрэн, эһигинниин бииргэ Бэйэтин иннигэр туруоруо диэн биһиги билэбит.
Үҥэргитигэр өрүү махтанан туран, тиһигин быспакка сэргэхтик үҥэр буолуҥ.
тиһигин быспакка үҥүҥ,
Оттон эн тугу барытын өйдөөн-төйдөөн ырыҥалаа, ыарахаттары кытаатан тулуй, Евангелиены иһитиннэрээччи сулууспатын оҥоро-ситэрэ сырыт, бэйэҥ үлэҕин эҥкилэ суох толор.
Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуга чугаһаата. Онон эһиги өйдөөхтүк-төйдөөхтүк олоруҥ, сэргэхтик үҥэ сылдьыҥ.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.
Онон, оҕолоор, Кини кэллэҕинэ куттаммат, саакка-суукка киирбэт туһугар, Кинилиин биир буолуҥ.
Эһигини охтууттан өрүһүйэн, эҥкилэ суох оҥорон, Бэйэтин Кэрэмэн Килбиэнин иннигэр үөрдэ-көтүтэ туруорар күүстээх
Бу икки киһи сир Таҥаратын иннигэр турар икки олива мас уонна икки сырдатар сибэтиилинньик буолар.
Кини уордайар улуу күнэ тирээн кэллэ; оо, ким ону тулуйуо баарай?»
Онтон көрбүтүм, арай ким да ситэн аахпат үтүмэн үгүс киһитэ хас биирдии омуктан, биис уустан, норуоттан, тылтан кэлэн бүрүстүөл уонна Бараан Оҕотун иннигэр маҥан таҥаһы таҥнан, пальма лабааларын тутан тураллара.
Онтон көрдөхпүнэ, Таҥара иннигэр турааччы сэттэ Аанньалга сэттэ үрэр турбаны туттарбыттара.