24 Норуот болоттон охтуоҕа, араас омукка билиэн барыаҕа. Таҥараны билбэт омуктар кэмнэрэ ааһыар диэри, Иерусалим кинилэргэ тэпсилгэн буолуоҕа.
Күҥҥэ, ыйга, сулустарга дьикти бэлиэлэр көстүөхтэрэ; муора ньирилиириттэн, барылас баалланарыттан ыгылыйан, сир норуоттара санаалара түһүөҕэ,
Бырааттарыам! Улаханнык санамматыннар диэн, мин эһиэхэ биир кистэлэҥи арыйыахпын баҕарабын: Израиль дьоно быстах эрэ кэмҥэ, омуктар туһааннаах ахсааннара Таҥараҕа кэлиэр эрэ диэри, итэҕэйбэт тыйыс санааламмыттар.
уот уорун уҕарытан умуруораллара, өргөстөөхтөн мүччү түһэллэрэ, мөлтөөн-ахсаан баран, хат күүһүрэн-уоҕуран кэлэллэрэ; сэриигэ, күүстээх буойун буолан, туора дойду сэриилэрин чугутан ыыталлара;
арай тас тиэргэнин мээрэйдээмэ, хааллар; тас тиэргэн атын омуктарга бэриллэн турар: кинилэр ытык куораты түөрт уон икки ый устата илдьи тэпсиэхтэрэ.