17 Оҕону көрөөт, Аанньал Кини туһунан туох диэбитин кэпсээн биэрбиттэрэ.
Ол кэннэ бэрт суһаллык тиийэн, Марияны, Иосибы уонна күкүргэ сытар Оҕону булан ылбыттара.
Истибит эрэ барыта маныыһыттар кэпсээннэрин сөрү диэн сөхпүтэ.
Анна эмиэ ол кэмҥэ кэлэн Айыы Тойоҥҥо махтанан баран, Иерусалим босхолонорун кэтэһээччилэргэ Кини туһунан кэпсээбитэ.
«Дьиэҕэр төннөн, Таҥара эйиэхэ тугу оҥорбутун кэпсээ». Киһи баран, Иисус киниэхэ тугу оҥорбутун куораты биир гына кэпсээбитэ.