Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 2:14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

14 «Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 2:14
36 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.


оччоҕо Кини – тахсан эрэр сырдык – хараҥаҕа, өлүү күлүгэр олорор дьону сырдатыаҕа, биһигини эйэ суолугар үктэннэриэҕэ».


«Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһэр Ыраахтааҕы алгыстаах! Халлааҥҥа эйэ буоллун, үрдүк Халлааннарга айхал буоллун!»


Онтон эмискэ Аанньалы кытта бииргэ үөһээ Халлаан үтүмэн ахсааннаах сэриитэ Таҥараны айхаллыыра көстөн кэлбитэ:


Аанньаллар кинилэртэн тэйэн Халлааҥҥа төннөөттөрүн, маныыһыттар: «Чэйиҥ, Вифлеемҥэ баран, онно туох буолбутун, Айыы Тойон биһиэхэ ити тугу биллэрбитин көрүөҕүҥ», – дэһиспиттэрэ.


Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.


Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.


Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.


Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».


Кини, Иисус Христос биэрэр эйэтин туһунан Евангелиены иһитиннэртэрэн, Израиль норуотугар Бэйэтин тылын тиэрдибитэ. Туох баар барытын Айыы Тойоно Иисус буолар.


Онон итэҕэлбитинэн буруйбутуттан быыһанаммыт, билигин биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христос өҥөтүнэн Таҥараны кытта эйэлээхпит.


Онон килбиэннээх үтүөтүн – Тапталлаах Уолунан биһиэхэ биэрбит бэлэҕин иһин Таҥараны айхаллыаҕыҥ.


хара маҥнайгыттан Христоска түмүллүбүт кистэлэҥ соругун Бэйэтин үтүө көҥүлүнэн биһиэхэ арыйбыта.


Ол эрээри муҥура суох аһыныгас санаалаах Таҥара биһигини, аньыылаах-харалаах буолан өлбүттэри, улуу тапталынан таптаан, Христоһу кытта бииргэ тилиннэрэн олоххо төнүннэрбитэ – Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн эһиги быыһаммыккыт.


үтүөкэн көҥүлүнэн эһигини итинник салайан биэрэн, эһиги сүрэххитигэр Таҥара Бэйэтинэн үлэлиир.


Уола кириэскэ өлбүтүн түмүгэр, Таҥара сиргэ да, Халлааҥҥа да баары барытын кытары эйэни-или олохтоон, баары барытын Бэйэтин кытта Уолун көмөтүнэн иллэһиннэрбитэ.


Айыы Тойоммут Иисус Христос уонна биһигини таптаан, илгэлээх үтүөтүнэн хаһан да ааспат уоскулаҥы, үтүө эрэли биэрбит Таҥара, биһиги Аҕабыт,


Онтон иһиттэхпинэ, халлааҥҥа да, сиргэ да, сир анныгар да, муораҕа да баар – айыллыбыт эрэ барыта: «Бүрүстүөлгэ Олорооччуга уонна Бараан Оҕотугар үйэттэн үйэҕэ алгыс, үрдүк чиэс, албан аат буолуохтун, Кинилэр баһылыыр былаастара туругура туруохтун!» – диэн этэрэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ