6 Закхей үөрэ-көтө түһэ охсон, Иисуһу дьиэтигэр киллэрэн маанылаабыта.
Иисус бу сиргэ кэлэн, кинини көрөн: «Закхей! – диэн ыҥырбыта. – Түһэ оҕус, бүгүн Мин эн дьиэҕэр тохтуохтаахпын».
Бары ону көрөн, сөбүлээбэккэлэр: «Аньыылаах киһи дьиэтигэр тохтоото», – диэн суугунаспыттара.
Ол кэннэ бэрт суһаллык тиийэн, Марияны, Иосибы уонна күкүргэ сытар Оҕону булан ылбыттара.
Левий Киниэхэ анаан, дьиэтигэр улахан аһылык тарпыта; онно түһээн хомуйааччылар уонна да атыттар бэрт элбэх буолан, Кинилиин бииргэ аһаары, олорсубуттара.
Онтон бэйэтэ да, дьиэтин дьоно да бары сүрэхтэммиттэрин кэннэ, биһигиттэн: «Миигин Айыы Тойоҥҥо эрэллээх диэн билиммит буоллаххытына, мин дьиэбэр олоруҥ», – диэн көрдөһөн тылын ылыннарбыта.
Кини Павеллаах Силаны дьиэтигэр аҕалан күндүлээбитэ, бэйэтэ да, дьоно да бары Таҥараны итэҕэйбиттэриттэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Онон Петр тылын улгумнук ылыммыт дьон сүрэхтэнэн, ол күн барыта үс тыһыынча кэриҥэ итэҕэйээччи эбиллибитэ.