5 Иисус бу сиргэ кэлэн, кинини көрөн: «Закхей! – диэн ыҥырбыта. – Түһэ оҕус, бүгүн Мин эн дьиэҕэр тохтуохтаахпын».
Киһи Уола өлбүтү-сүппүтү булан быыһыы кэлбитэ».
Биир Закхей диэн ааттаах баай киһи, түһээн хомуйааччылар тойонноро,
ол иһин сүүрүүнэн илин түһэн, Иисус ааһыахтаах суолун кытыытыгар үүнэн турар смоковница үрдүгэр ыттыбыта.
Закхей үөрэ-көтө түһэ охсон, Иисуһу дьиэтигэр киллэрэн маанылаабыта.
«Эн миигин хантан билэҕиний?» – Нафанаил дьиктиргиир. «Мин эйигин, Филипп өссө ыҥыра илигинэ, смоковница анныгар көрбүтүм», – диэн хоруйдуур Иисус.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Миигин таптыыр киһи Мин этэр тылбын толоруоҕа. Аҕам эмиэ кинини таптыаҕа, оччоҕо Биһиги бииргэ кэлэммит, киниэхэ дьиэлэниэхпит.
Биһиги, Таҥара үлэтин толорсор дьон, Киниттэн бэлэх ылбыт илгэлээх үтүөҕүтүн халтайга хаалларымаҥ диэн, эһигиттэн көрдөһөбүт.
Христос итэҕэл аанынан киирэн сүрэххитигэр олохсуйарын, эһиги тапталтан силис тардан, тапталга тирэҕирэн,
Айан дьонун амарахтык көрсөр үгэһи өрүү умнумаҥ. Сорох ыалдьытымсах дьон бэйэлэрэ да билбэттэринэн Аанньаллары маанылаан тураллар.
Бу кэлэн ааҥҥытын тоҥсуйа турабын; ким Мин саҥабын истэн аанын аспыкка дьиэтигэр киирэммин, киэһээҥҥи аһылыгар олорсуом, кини эмиэ Миигин кытта бииргэ олорсуо.