Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 19:26 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

26 Тойонноро эппит: „Эһиэхэ этэбин: баардаахха – бэриллиэҕэ, оттон туга да суох киһиттэн туох эмэ баардааҕа кытта былдьаныаҕа.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 19:26
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Баардаахха – өссө бэриллиэҕэ, оттон туга да суохтан – баара даҕаны былдьаныаҕа.


Ол иһин Мин эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбата эһигиттэн былдьанан, туһаны аҕалар атын дьоҥҥо бэриллиэҕэ.


Баардаахха өссө бэриллиэҕэ, туга да суохтан баара кытта былдьаныаҕа».


Онуоха көмөлөһөөччүтэ иһигэр санаабыт: „Хайыах бэйэбиний? Тойонум миигин үлэбиттэн үүрэн эрэр. Буор хаһыахпын – кыайбаппын, умналыахпын – кыбыстабын.


Онуоха: „Тойоммуот, ол киһи хайыы-үйэ уон көмүс манньыаттаах ээ“, – диэбиттэр.


Онон хайдах истэргитин кэтэнэн көрүнүҥ: баардаахха Таҥара өссө биэриэҕэ, оттон туга да суох киһиттэн баардаахпын дии санаабыта кытта былдьаныаҕа».


Саалтыыр кинигэтигэр „Кини тиэргэнэ иччитэхсийдин, икки атахтаах онно олохсуйбатын“ диэн суруллубут. Өссө „кини солотун атын киһи ылыахтын“ диэн баар.


Онон кытаатан бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ: үлэбит түмүгүн үрэйэн-сарайан кэбиспэккэ, толору төлөбүрү ыларга дьулуһуҥ.


Эн эрэйи эҥээргинэн тэлэҥҥин, бөҕө тулуурдаммытыҥ, Мин аатым туһугар элбэх сыраҕын биэрэн туран үлэлээбитиҥ, ол үрдүнэн эр сэниэҥ эстибэтэҕэ.


Көр бу, Мин сотору кэлиэм; онон ким да эйигиттэн мэнньиэскин мүччү туттаран ылбатын туһугар, туох баардааххын ыһыктыма.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ