Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 19:13 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

13 Суолга туруон иннинэ уон кулутун ыҥыран ылбыт, уонна барыларыгар биирдии кыһыл көмүс манньыаты биэрэн баран: „Мин төннүөхпэр диэри, бу маны эргитээриҥ“, – диэбит.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 19:13
15 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Биэс талааны ылбыт кулут баран, бу биэһин эргитэн, өссө биэһи эбии киллэрбит;


Биэс талааны ылбыт кулут өссө биэһи эбии аҕалан туран: „Тойонуом! Эн миэхэ биэрбит биэс талааҥҥын эргитэммин, бу өссө биэс талааны киллэрдим“, – диэбит. Тойоно эппит:


Икки талааны ылбыт кулут эмиэ тиийэн кэлэн: „Тойонуом! Эн миэхэ икки талааны биэрбитиҥ; мин, ону эргитэммин, бу өссө икки талааны киллэрдим“, – диэбит.


Биир талааны ылбыт кулут эмиэ тиийэн кэлэн: „Тойонуом! – диэбит. – Эн ыспатах бааһынаҕар быһар, тохпотох хонуугар хомуйар кытаанах киһигин мин билэр этим.


«Биир үрдүк сололоох киһи, ыраахтааҕы солотун ылан төннөөрү, ыраах дойдуга аттаммыт, – диэбитэ Кини. –


Биир дойдулаахтара кинини абааһы көрөр буолан: „Кини биһиэхэ ыраахтааҕы буолуон баҕарбаппыт“, – диэн кэнниттэн илдьит ыыппыттар.


Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».


Туох дии саныыгытый, мин билигин дьон биһирэбилигэр дьулуһа сатыырым буолуо дуо, Таҥара биһирэбилигэр дуу? Дьоҥҥо бэрт буола сатыырым буолуо дуо? Билиҥҥэ диэри дьон санаатын таба сатыырым эбитэ буоллар, Христос кулута буолуом суоҕа этэ.


Омуктар ортолоругар тарҕанан олорор уон икки аҕа ууһугар Таҥара уонна Айыы Тойон Иисус Христос кулуттарыттан – Иаковтан эҕэрдэ.


Таҥарабыт уонна Быыһааччыбыт, кырдьыгы тутуһар Иисус Христос, эмиэ биһиэхэ биэрбитин курдук, күндүттэн күндү итэҕэли биэрбит дьонугар – Иисус Христос кулута уонна Апостола Симон Петртан.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ