43 Киһи сонно көрөр буолан хаалбыта, онон Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, Иисус кэнниттэн батыһан барбыта. Маны көрөн, дьон бары Таҥараҕа хайҕал тылын эппиттэрэ.
Таҥара сибэтиэй Дьиэтиттэн эрэннэрдэ: «Мин Сихем сирин, өрө көтөҕүллэн туран, үллэриэм, Сокхоф хочотун усталаах туоратын мээрэйдиэм.
Кини халлааны былытынан бүрүйэр, сиргэ-дойдуга ардаҕы бэлэмниир, томтор сирдэри торҕо күөҕүнэн симиир.
Эйиэхэ эрэнэбин, Айыы Тойон; хаһан да мин кыбыстыыга кииримиим; кырдьыктаах Бэйэҥ миигин өрүһүй.
Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.
Таҥара Дьиэтигэр сырыттаҕына, Киниэхэ хараҕа суохтар, доҕолоҥнор кэлбиттэрин Иисус барыларын үтүөрдүбүтэ.
Норуот, маны көрөн сөҕөн, киһиэхэ маннык былааһы биэрбит Таҥараны айхаллаабыта.
Маны эппитигэр утарсааччылара бары сааппыттара. Оттон норуот Кини оҥорор килбиэннээх дьайыыларын көрөн үөрэр эрэ этэ.
Иисус Елеон хайатыттан түһэр аартыкка чугаһаабытыгар үтүмэн үгүс үөрэнээччилэрэ бары үөрэн, илэ көрбүт дьикти дьайыыларын иһин Таҥараны айхаллаабыттара:
Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.
Бары бэри диэн бэркиһээн, дьулайан, Таҥараны уруйдуулларын быыһыгар: «Бүгүн биһиги сөҕүмэр дьиктини көрдүбүт!» – дэспиттэрэ.
Бука бары Таҥара улуу кыаҕын көрөн бэркиһээбиттэрэ. Киһи эрэ барыта Иисус оҥорор дьайыыларын сөҕө-махтайа сылдьар кэмигэр Кини үөрэнээччилэригэр эппитэ:
Кинилэр маны истэн уоскуйан: «Ол аата омуктар олоххо тиксэллэрин туһугар, аньыыны билинэр кыах кинилэргэ эмиэ бэлэхтэммит буоллаҕа», – диэн Таҥараҕа айхал эппиттэрэ.
эн кинилэр харахтарын арыйыаҥ, хараҥаттан сырдыкка, сатана былааһыттан Таҥараҕа эргилиннэриэҥ, оччоҕо кинилэр Миэхэ итэҕэллэринэн аньыылара-харалара бырастыы буолан Таҥара норуотугар киириэхтэрэ“.
Оҥорбут дьиктилэрин иһин бар дьон барыта Таҥараны айхаллыыр буолан, буруйдуур тоҕоос булбакка, саанан баран, Апостоллары ыытан кэбиспиттэрэ.
Онон мин туспуттан Таҥараны айхаллыыллара.
Оттон эһиги талыллыбыт аймах – Ыраахтааҕы дьиэтин кэргэнэ, Таҥара үлэһиттэрэ, сибэтиэй норуот, эһигини хараҥаттан килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара үтүөкэн дьайыыларын биллэрэргэ талыллыбыт Кини Бэйэтин тус дьоно – буолаҕыт.