28 Маныаха Петр эппитэ: «Биһиги барыны барытын хаалларан туран Эйигин батыспыппыт».
Онуоха Петр эппитэ: «Бу биһиги, тугу барытын хаалларан туран, Эйигин батыспыппыт; оччотугар кэлин биһиги туохха тиксиэхпитий?»
Иисус салгыы баран иһэн, түһээн хомуйар сиргэ олорор Матфей диэн ааттаах киһини көрөн: «Миигин батыс», – диэн ыҥырбыта. Матфей туран, Иисуһу батыһан барбыта.
Петр Киниэхэ эппитэ: «Биһиги тугу барытын быраҕан туран, Эйигин батыспыппыт».
Кинилэр икки оҥочолоохторун иккиэннэрин кытылга соһон таһаараат, барытын быраҕан, Иисуһу батыһан барбыттара.
Оттон үөрэнээччитигэр: «Бу – эн Ийэҥ», – диэн эппитэ. Мантан ыла үөрэнээччитэ Кини Ийэтин бэйэтигэр ылан олордубута.
Ол эрээри урут тугу барыстаах диэбиппин мин билигин Христос туһугар ночооттоох эрэ диибин.