18 Тойоттортон биирдэстэрэ Киниттэн ыйыппыта: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»
«Миигин тоҕо үтүө диигиний? – диэбитэ Иисус. – Үтүө ким да суох, Таҥара эрэ үтүө.
Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй?
Онтон кинилэри таһаартаан баран: «Тойотторуом! Быыһанар туһугар тугу гынабын?» – диэн ыйыппыта.
Маныаха дьон сүрэхтэригэр ыттаран, Петртан уонна атын Апостоллартан: «Бырааттарбыт, оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.