7 Арай эһигиттэн хайаҕыт эрэ сир хорутар, биитэр сүөһү маныыр кулуттаах буоллун; ол кулуккут сыһыыттан кэлээтин, эһиги киниэхэ чэ, кэл, олорон аһаа диэн этиэххит этэ дуо?
Иисус эппитэ: «Эһигиттэн хайаҕыт эмэ чороҥ соҕотох барааннааҕа субуота күн умуһахха түстэҕинэ, онтукатын быыһыа суоҕа этэ дуо?
Айыы Тойон киниэхэ эппитэ: «Сирэй көрбөхтөр! Эһиги субуота күн оҕускутун биитэр оселгутун күкүрүттэн сүөрэн, уулата илдьэҕит буолбат дуо?
Онтон кинилэргэ эппитэ: «Эһигиттэн кимҥит эмэ осела эбэтэр оҕуһа холуодьаска түстэҕинэ, ону, төһө да субуотатын иһин, тута хостоон таһаарыа суоҕа этэ дуо?»
Ной саҕана хайдах этэй да, Киһи Уолун кэмигэр эмиэ оннук буолуоҕа.
Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ.
Хата аһыахпын аспын тарт уонна бу аһыыр кэммэр курданан илии-атах буол, ол кэнниттэн бэйэҥ аһаар диэххит этэ буолбат дуо?