Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 17:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 „Көр, бу манна баар“, эбэтэр „Ол онно баар“ диэхтэрэ суоҕа: Таҥара Саарыстыбата эһиги искитигэр баар».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 17:21
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Оттон Мин абааһылары Таҥара Тыынын күүһүнэн үүрэр буоллахпына, ол аата Таҥара Саарыстыбата эһиэхэ хайыы-үйэ кэлбит.


Оччоҕо ким эмэ эһиэхэ „Көрүҥ, Христос манна баар!“ эбэтэр „Көрүҥ, онно баар!“ диэтэҕинэ, итэҕэйбэт буолуҥ.


Эһиэхэ „Бу манна!“, биитэр „Ол онно!“ диэхтэрэ, оччоҕо эһиги ону көрдүү сүүрүмэҥ, эккирэтиһэ барымаҥ.


Кини эппитэ: «Сэрэхтээх буолуҥ, ким да албыныгар киирэн биэрбэт курдук, сылдьыҥ. Үгүстэр Мин ааппынан ааттанан кэлэн, бу – Мин, кэм кэлэн эрэр диир буолуохтара. Эһиги кинилэри батыһаайаҕыт.


«Мин ууга сүрэхтиибин, – диэбитэ Иоанн. – Оттон эһигини кытта Ким турарын эһиги билбэккит:


«Мин Саарыстыбам бу дойду Саарыстыбата буолбатах, – Иисус хоруйдаабыта. – Бу дойду киэнэ эбитэ буоллар, дьонум Миигин иудейдарга биэрбэт туһугар туруулаһыа этилэр. Ол гынан баран Мин Саарыстыбам билигин манна буолбатах».


Таҥара Саарыстыбата ас да, утах да буолбатах – Сибэтиэй Тыын үөскэтэр кырдьыктаах быһыыта, эйэтэ, үөрүүтэ.


Кини бу кистэлэҥҥэ хайдах курдук килбиэннээх баай бары норуоттарга ананан сылдьарын Бэйэтин сибэтиэй дьонугар арыйыан баҕарбыта. Оттон бу баай кылаат – эһиги сүрэххитигэр баар Христос, эһиги кэнэҕэс килбиэннээх албан ааты үллэстэр эрэлгит.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ