4 Дьэ хата тугу гынарбын тобуллум! Үлэбиттэн уураттаҕына, миигин дьиэлэригэр олордуох дьону була сатыам“.
Аны тиэрэ тотон, Эйигин билиммэккэ, «Кимий ол Айыы Тойон?» диэн оруо маһы ортотунан тыллаһыам, биитэр, эстэн-быстан, уорар дьаллыкка ыбылы ылларан, Таҥарам аатын киртитиэм.
Онуоха көмөлөһөөччүтэ иһигэр санаабыт: „Хайыах бэйэбиний? Тойонум миигин үлэбиттэн үүрэн эрэр. Буор хаһыахпын – кыайбаппын, умналыахпын – кыбыстабын.
Уонна тойонугар иэстээх дьону тус-туспа ыҥыртаан ылан, биирдэриттэн: „Мин тойоммор төһө иэстээххиний?“ – диэн ыйыппыт.
Онон Мин эһиэхэ этэбин: сирдээҕи баайгытынан туһанан бэйэҕитигэр доҕоттордо булунуҥ, оччоҕо кэлин ол баайгыт эһиннэҕинэ, кинилэр эһигини үйэлэргэ үрэллибэт дьиэлэригэр киллэриэхтэрэ.
Ол үөһэттэн түһэр муударас буолбатах, сирдээҕи өй, киһи муудараһа, абааһы өйө.