3 Ол иһин Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ:
туох ханнык иннинэ Израиль норуотун муммут барааннарыгар барыҥ;
Иисус кинилэри домоҕунан элбэххэ үөрэппитэ: «Арай биир киһи бурдук ыһа тахсыбыт.
Бараҥҥыт, „Бэлэх-туһах эрэйбэппин, амарах буоларгытыгар баҕарабын“ диэн этии туох суолталааҕын үөрэтэн билиҥ. Мин үтүөлэри буолбакка, аньыылаахтары ыҥыра кэлбитим».
Фарисейдар уонна сокуонньуттар: «Аньыылаахтары Бэйэтигэр чугаһатар, кинилэри кытта бииргэ аһыыр», – диэн абараллара.
«Эһигиттэн ким эмэ, сүүс барааннааҕыттан биирин сүтэрдэҕинэ, тоҕус уон тоҕуһун мэччитэ хаалларан баран, сүппүт бараанын, хаһан булуор диэри, көрдүү барыа суоҕа этэ дуо?
Онтон иккиһин ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» «Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». «Мин барааннарбын манаа», – диэбитэ Иисус.
Кини кэпсээнин истэн, Таҥараҕа айхал этэн баран: «Бырааппыт, хас тыһыынча иудей итэҕэли ылыммытын бэйэҥ көрөҕүн, – диэбиттэрэ. – Кинилэр бары Сокуону кыһанан туран тутуһаллар.