2 Фарисейдар уонна сокуонньуттар: «Аньыылаахтары Бэйэтигэр чугаһатар, кинилэри кытта бииргэ аһыыр», – диэн абараллара.
Киһи Уола кэлэн иһэр да-аһыыр да, ону көрөн: „Көр, бу аһас, иһээччи киһи, түһээн хомуйааччылар, аньыылаахтар доҕордоро“, – дэһэллэр. Ол эрээри Таҥара Муудараһа кырдьыктааҕын оҕолоро бары билиммиттэрэ».
Маны көрөн, фарисейдар Кини үөрэнээччилэригэр эппиттэрэ: «Тоҕо эһиги Үөрэтээччигит түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытта бииргэ аһыырый?»
Ол иһин Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ:
Бары ону көрөн, сөбүлээбэккэлэр: «Аньыылаах киһи дьиэтигэр тохтоото», – диэн суугунаспыттара.
Фарисейдар уонна сокуонньуттар ону сөбүлээбэккэ, Кини үөрэнээччилэригэр эппиттэрэ: «Эһиги түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытта тоҕо бииргэ аһыыгыт-сиигит?»
Киһи Уола кэлэн, аһыыр да, иһэр да, ону эһиги бу киһи аһас уонна иһээччи, түһээн хомуйааччылар, аньыылаахтар доҕордоро дэһэҕит.
Иисуһу ыҥырбыт фарисей маны көрөн, иһигэр санаабыта: «Бу олорооччу чахчы Пророк эбитэ буоллар, хайа сүрдээх-кэптээх дьахтар Кини атаҕын таарыйарын билиэхтээх этэ. Бу аньыылаах дьахтар буолбаат!»
Иаков ыыппыт дьоно кэлэ иликтэринэ, кини омук христианнарын кытта бииргэ аһыыра, оттон Иаков дьоно кэлэллэрин кытта, иудейдартан сэрэнэн, кистэнэр, омуктартан тэйэ туттар буолбута.
Христос Иисус аньыылаах дьону быыһаары бу орто дойдуга кэлбитэ диэн этии дьиҥ кырдьыктаах, ким баҕарар толору ылынарыгар сөптөөх этии; оттон кинилэртэн саамай халыҥ аньыылаахтара мин буолабын.