20 Салгыы өссө эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугу кытта тэҥниэмий?
Бу көлүөнэни кимиэхэ тэҥниэмий? Кинилэр баһаар болуоссатыгар олорон доҕотторун кытта: „Биһиги флейтаҕа оонньообуппутугар – үҥкүүлээбэтэххит, кутурҕан ырыатын ыллаабыппытыгар – ытаабатаххыт“, – дэһэн хаһыытаһар оҕолор курдуктар.
Өссө биир домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ: «Халлаан Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: биир киһи бааһынатыгар үчүгэй бурдугу ыспыт.
Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, тугу кытта тэҥниэххэ сөбүй?
Эһиги санаан көрүҥ: дьахтар доруоһаны ытыһан ылан, үс мээрэй бурдукка кутар, онуоха тиэстэтэ бүтүннүү үллэн тахсар».