38 Тойон түүн үөһүгэр да, сарсыарданан да кэлэн көрдүн, кинилэр сэргэхтик кэтэһэн олорор буоллахтарына, алгыстаахтар.
Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.
Онтон арай түүн үөһүн саҕана: „Чэйиҥ, күтүөт иһэр, Киниэхэ утары тахсыҥ!“ – диэн хаһыы сатараабыт.
Бэйэҕит билэҕит, дьиэлээх хаһаайын уоруйах хас чааска кэлэрин билэрэ эбитэ буоллар, утуйан хаалан кинилэргэ дьиэтин аннын дьөлө хастарыа суоҕа этэ.