Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 12:37 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

37 Тойонноро кэлэригэр сэргэх олорбут кулуттар алгыстаахтар. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: тойонноро бэйэтэ курданан баран, кинилэри остуол тула олордон, ас тэрийэн аһатыа.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 12:37
25 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Дьэ ол иһин, таптыыр бырааттарым, ону күүтэргитигэр, Кини иннигэр ыраас, эҥкилэ суох, эйэ-дэмнээх буолан турар туһугар, бары күүскүтүн ууруҥ.


Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.


икки баҕа санаа миигин үүйэ тутар: биир өттүттэн олохтон туораан Христостуун бииргэ буолуохпун баҕарабын (бу тэҥэ суох ордук),


Ол гынан баран Суруйууларга этиллибитин курдук, «Таҥара Кинини таптыыр дьоҥҥо тугу бэлэмнээбитин биир эмэ киһи хараҕынан көрбүтэ, кулгааҕынан истибитэ, сүрэҕинэн сэрэйбитэ диэн суох».


Онтон мин халлаантан: «Суруй: „Мантан инньэ Айыы Тойоҥҥо бэриниилээх өлөр киһи алгыстанар!“» – диир саҥаны истибитим. «Дьиҥ чахчы, – диир Тыын, – кинилэр үлэлэриттэн сынньаныахтара, оттон оҥорбут үтүөлэрэ кэннилэриттэн батыһан барыаҕа».


Быыһааччы Айыы Тойоммут Иисус Христос бараммат үйэлээх Саарыстыбатыгар көҥүллүк киирэр аан биһиги иннибитигэр ити курдук тэлэччи аһыллыаҕа.


Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».


Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».


бүрүстүөл ортотугар баар Бараан Оҕото кинилэргэ Маныыһыт буолан, өлбөт мэҥэ уутун дьүүктэтигэр сирдээн илдьиэҕэ. Таҥара кинилэр харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа».


Кыайыылааҕы Бэйэбин кытта бүрүстүөлбэр олордуом; Мин кыайан-хотон Аҕабын кытта, Аҕам бүрүстүөлүгэр олорбутум курдук, кыайыылаах эмиэ Миигинниин бииргэ олорсуо.


Олох диэн миэхэ Христос буоллаҕына, өлүү миэхэ – барыс эрэ.


Хата аһыахпын аспын тарт уонна бу аһыыр кэммэр курданан илии-атах буол, ол кэнниттэн бэйэҥ аһаар диэххит этэ буолбат дуо?


Тойоно кэлэн көрбүтэ, үлэһитэ кини эппитин толоро сылдьар буоллаҕына, ол кулут алгыстаах.


Уруу малааһыныттан кэлиэхтээх тойонноругар, тоҥсуйарын кытта, аанын аһаары, көһүтэн олорор дьоҥҥо холоонноох буолуҥ.


Хайалара улаханый: аһаары өттүгэстээн сытааччы дуу, эбэтэр кинини аһатар үлэһитэ дуу? Өттүгэстээн сытааччы буолбатах дуо? Оттон Мин эһиэхэ үлэһиккит кэриэтэбин.


«Көр бу, Мин уоруйах курдук эмискэ кэлиэҕим. Ким утуйан хаалбатах, таҥнардыы бэлэм сылдьыбыт – ол алгыстаах. Кини сыгынньаҕа көстөн саакка киириэ суоҕа».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ