Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 12:28 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

28 Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо?

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 12:28
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»


Иисус ону билэн эппитэ: «Кэмчи итэҕэллээхтэр, тоҕо килиэп ылбатахпыт дэһэҕитий?


«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо?


«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.


«Итэҕэлгит ханнаный?» – диэбитэ Кини үөрэнээччилэригэр. Кинилэр дьулайан даҕаны, дьиктиргээн даҕаны, бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Кимий – бу Кини, тыалы да, ууну да буойан бас бэриннэрээччи?» – дэспиттэрэ.


Өҥ дьыл ардаҕын элбэхтик хото иҥэриммит сир бурдук үүннэрээччилэргэ үчүгэй үүнүүнү биэрэр буоллаҕына, Таҥара алгыһын ылар;


Суруйууларга этиллэр: «Киһи аймах – от кэриэтэ, киһи албан аата – сибэкки кэриэтэ: от хагдарыйа хатан, сибэккитэ иинэн түһэр,


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ