Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Лука 12:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 Таҥараҕа анаан байарынааҕар, бэйэтигэр анаан баай-дуол мунньунааччыга итинник буолуоҕа».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Лука 12:21
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Сорох байымсыйар да, турар бэйэтинэн эрэ, сорох кэриэлийэр да, үбэ-аһа дэлэй.


Туох баайдааххытын атыылаан тиийиммэттэргэ түҥэтиҥ; хаалбат хааһаҕы, бараммат баайы уоруйах тиийбэт, үөн-көйүүр сиэбэт сиригэр – Халлааҥҥа – бэлэмнээҥ.


Онон сирдээҕи баайга эрэлэ суох буоллаххытына, дьиҥ баайы ким эһиэхэ итэҕэйиэй?


Сор-муҥ күүтэр эһигини баайдары, – эһиги хайыы-үйэ дуоһуйан тураҕыт!


Өһөскүнэн, кэмсинэри билбэт сүрэххинэн, эн Таҥара кырдьыктаах дьүүлэ арыллар уордаах күнэ кэлэригэр буруйгун эбии хаҥатына сылдьаҕын.


хомотоллор эрээри, өрүү үөрэ-көтө сылдьабыт; дьадаҥыбыт эрээри, үгүстэри байытабыт; туохпут да суох эрээри, барытын бас билэбит.


Оттон ким байыан-тайыан баҕарар, ол аньыы угаайытыгар киирэн биэрэн, доҕуурга иҥнэр, дьону алдьархайга, өлөр өлүүгэ эрэ тиэрдэр өйө суох, буортулаах дьаллыкка ылларар.


Истиҥ эрэ, таптыыр бырааттарым, Таҥара дьадаҥы дьону – итэҕэлинэн байытаары, Кинини таптыыр дьоҥҥо эрэннэрбит Саарыстыбатыгар киллэрээри – талан ылбыта этэ буолбатах дуо?


Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ