26 «Сокуоҥҥа туох диэн суруллубутай? Ону хайдах өйдүүгүн?» – диэбитэ Иисус.
Биир сокуонньут Иисуһу холоон көрөн: «Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта.
«„Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн, ис дууһаҕыттан, туох баар өйгүнэн-санааҕынан, күүскүнэн-күдэххинэн барытынан таптаа“ уонна „чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“», – диэн эппиэттээбитэ киһи.
Сокуону тутуһан быыһаныы туһунан Моисей бу курдук суруйар: «Сокуон ирдэбилин барытын толорбут эрэ киһи олоххо тиксиэҕэ».
Сокуон тугу этэрэ барыта киниэхэ бас бэринэр эрэ дьоҥҥо туһаайыллар, онон ким даҕаны көмүскэнэн хардарар кыаҕа суох: Таҥара иннигэр аан дойду бүтүннүүтэ буруйдаах. Сокуону тутуһан биир да киһи Кини иннигэр кырдьыктааҕынан билиниллиэ суоҕа, – Сокуон дьоҥҥо аньыы диэн тугун өйдөтөр эрэ.