Бу түөрт харамай биирдии бэйэлэрэ эргиччи алталыы кынаттаахтара, ис өттүлэрэ бүтүннүү харах этэ. Кинилэр түүннэри-күннэри тохтоло суох: «Билигин да баар, урут да баар, кэлиэхтээх Айыы Тойон Таҥара, Барытын Тутан Олорооччу – сибэтиэй, сибэтиэй, сибэтиэй!» – диэн ыллыыллара.