36 Бэл диэтэр аймаҕыҥ Елисавета, оҕото суох дэнэр бэйэтэ, кырдьан баран уол оҕону көтөхпүтэ алтыс ыйыгар барда.
«Эйиэхэ халлаантан Сибэтиэй Тыын түһүөҕэ, Үрдүк Таҥара күүһэ сайыаҕа, – диэбитэ Аанньал, – онон Эн төрөтөр Сибэтиэй Оҕоҥ Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа.
Таҥара кыайбатаҕа диэн суох».
Ирод Иудея ыраахтааҕыта буолан олордоҕуна, Авия бөлөҕөр Захария диэн ааттаах аҕабыыт баара; кини кэргэнэ Аарон аҕатын ууһуттан төрүттээҕэ, аата Елисавета диэн этэ.
Итэҕэлинэн Сарра эмиэ, төрүүр сааһын ааһан баран, оҕо үөскүүр кыахтаммыта. Таҥара эрэннэрбитин экчи толорорун кини билэрэ.