15 Кини Айыы Тойон иннигэр улуу киһи буола үүнэн тахсыаҕа; ханнык да арыгыны, итирдэр утаҕы иһиэ суоҕа, ийэтин иһиттэн тахсаат да, Сибэтиэй Тыынынан туолуоҕа;
Эйиэхэ улуу үөрүү кэмэ үүнүөҕэ, үгүстэр кини төрөөбүтүттэн үөрүөхтэрэ.
Эһиэхэ этэбин: Иоаннааҕар улуу пророк ийэттэн төрүү илик, ол гынан баран Таҥара Саарыстыбатыгар саамай кыралара да кинитээҕэр улахан». (
Иоанн Сүрэхтээччи кэлэн килиэби да сиэбэт, арыгыны да испэт, ону эһиги абааһыга буулаппыт диигит.
Иоанн умайан сыдьаайа сырдата турар сибэтиилинньик этэ, ол гынан баран эһиги кылгас кэмҥэ эрэ кини сырдыга эһигини үөрдүөн баҕарбыккыт.
бары, Сибэтиэй Тыынынан туолан, араас омук тылларынан саҥаран барбыттара. Тыын кинилэргэ оннук дьоҕуру биэрбитэ.
Дьэ онтон миигин ийэм иһигэр сылдьыахпыттан талан ылбыт, амарах санаатыттан ыҥырбыт Таҥара Бэйэтин үтүө көҥүлүнэн
Арыгынан утахтанымаҥ, онтон содур быһыы тахсар; арыгыны иһэр оннугар Тыыны толору иҥэриниҥ.