Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иуда 1:19 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

19 Бу хайдыһыыны таһаарар, аньыылаах дойду сиэринэн олорор дьоҥҥо Таҥара Тыына суох.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иуда 1:19
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Дьонтон туора туттааччы бэйэтэ билэринэн сылдьар, сиэрдээх сүбэни-аманы иһиттэҕинэ, үөхсэр.


Оттон эһиги, Таҥара Тыына эһиэхэ баарын быһыытынан аньыылаах айылҕаҕытынан буолбакка, Тыын үөрэтэринэн олороҕут; оттон Христос Тыына суох киһитэ Киниэнэ буолбатах.


Таҥара Тыына суох киһи Таҥара Тыыныттан кэлэри ылыммат, кини ол кэлэри «өйө суох дойҕох» дии саныыр, итиэннэ өйдүүр да кыаҕа суох, тоҕо диэтэххэ ону Тыын эрэ көмөтүнэн өйдүөххэ-дьүүллүөххэ сөп.


Эһиги эккит-сииҥҥит Таҥара эһиэхэ биэрбит Сибэтиэй Тыынын дьиэтэ буоларын, бэйэҕитин бэйэҕит бас билиммэккитин өйдөөбөккүт дуо?


Бииргэ түмсэр үгэспитин, сорох-сорохтор курдук хаалларымыаҕыҥ, Айыы Тойон Күнэ чугаһаан истэҕин аайы, бэйэ-бэйэбитин ордук өйдөтүһэ-үөрэтиһэ сылдьыаҕыҥ.


Ол үөһэттэн түһэр муударас буолбатах, сирдээҕи өй, киһи муудараһа, абааһы өйө.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ