9 Дьэ онно Таҥара киниттэн иккиһин: «Хайа бу эн үүнээйи туһуттан туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта. «Наһаа абардым! – диэбитэ Иона. – Хомойон өлө сыстым!»
Иона итинтэн улаханнык хомойон, абаран-сатаран,
Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниэхэ эппитэ: «Эн бэл бэйэҥ көрөн-истэн, улаатыннаран эрэйдэммэтэх үүнээйигин, биир түүн иһигэр үүнэн баран хатан хаалбыт от сыыһын, аһыйаҕын.
Онтон күн үөһэ ойуута Таҥара илинтэн күүстээх кураан тыалын түһэрбитэ. Күн уота Иона төбөтүн сырайбытынан барбыта. Иона бырда быстан, эрэйи көрөн: «Маннык олоруом кэриэтин өлбүтүм ордук!» – диэн өлүөн эрэ баҕарар буолбута.
кинилэргэ эппитэ: «Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; утуйумаҥ, манна Миигин кытта бииргэ олоро түһүҥ».
Таҥара туһугар санааҕа ылларыы мэлдьи аньыыны билиниини үөскэтэн, быыһабылга сирдиир, оттон бу дойду санаарҕабыла өлөр өлүүнү үөскэтэр.
Ол күннэргэ дьон өлөр өлүүнү көрдүөхтэрэ да, кыайан булуохтара суоҕа, өлүөхтэрин баҕарыахтара да, өлөр өлүү кинилэртэн куота көтөн биэриэҕэ.