7 Сарсыныгар күн тахсыыта Таҥара аны чиэрбэни ыыппыта: чиэрбэ быһа кэрбээн, били үүнээйи иинэн-хатан хаалбыта.
Биһиги аньыыбытыгар тоҕоостоох харданы Кини оҥорботоҕо, биһиги буруйбутугар сөптөөх төлөбүрү ылбатаҕа.
Оннук олордоҕуна, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥара киниэхэ хойуу кэтит сэбирдэхтээх үүнээйини ыыппыта. Ол үүнээйи сиртэн дьылыгырыы үүнэн тахсан, Иона саппаҕырбыт санаатын сайҕыырдыы, кинини хаххалыы турбута. Иона үүнээйини көрөн бэркэ диэн үөрбүтэ.