6 Ити туһунан сурах Ниневия ыраахтааҕытыгар тиийбитигэр ыраахтааҕы, бүрүстүөлүттэн туран, мааны таҥаһын устан кэбиспитэ, кутурҕан таҥаһын таҥнан баран, күл кутуллубут сиригэр олорбута.
«Эйигин сор-муҥ күүтэр, Хоразин! Эйигин сор-муҥ күүтэр, Вифсаида! Эһиэхэ көрдөрүллүбүт дьиктилэр Тирдээх Сидоҥҥа көрдөрүллүбүттэрэ буоллар, ол куораттар олохтоохторо илдьиркэй таҥаһы таҥнан, төбөлөрүгэр күлү куттан, былыр үйэҕэ аньыыларын билиммит буолуо этилэр.
Сор-муҥ күүтэр эйигин, Хоразин! Сор-муҥ күүтэр эйигин, Вифсаида! Эһиэхэ көрдөрүллүбүт дьиктилэр Тирдээх Сидоҥҥа көрдөрүллүбүттэрэ эбитэ буоллар, ол куораттар олохтоохторо илдьиркэй таҥаһы таҥнан, төбөлөрүгэр күлү куттан, аньыыларын билиммиттэрэ ырааппыт буолуох этэ.