4 Эн миигин дириҥ далайга, байҕал түгэҕэр түһэрбитиҥ, онно миигин бурулҕан эрийэн ылбыта, Эн бары баалыҥ, модун долгунуҥ барыта мин үрдүбүнэн ытыллан ааспыта.
Сымыйаны саҥарааччылары өлөрөҕүн; хаанымсахтан, албынтан Айыы Тойон сиргэнэр.
Халлааннар айхаллыахтара, Айыы Тойон, Эн сөҕүмэр дьайыыгын, сибэтиэйдэр түмсүүлэригэр уруйдуохтара Эн кырдьыккын.
Ким халлааҥҥа Айыы Тойону кытта тэҥнэһиэй? Ким Таҥара уолаттарыттан Айыы Тойоҥҥо холонуой?
Мин хайалар төрдүлэригэр түспүтүм; сир халҕана мин үрдүбүнэн букатыннаахтык хам хатаммыта! Ол эрэн, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥарам, Эн миигин үөдэн түгэҕиттэн таһаардыҥ!